Канал сайдыытыгар харчынан өйүүргэ Сбербанк 2202 2002 9845 8959 (Васильева М.Б.)
Эрилик Эристиин (Яковлев Семен Степанович) (24.01.1892—06.10.1942) — саха бэйиэтэ, прозаига.
• 1892 с. тохсунньу 24 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билиҥҥи Чурапчы улууһа)Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
• Гражданскай сэрии кэмигэр — кыһыл бартыһаан.
• 1923 сыллаахтан бэчээттэнэр буолбута.
• 1924 сылтан — ССКП чилиэнэ, 1938 сылтан - ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
• 1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга «Соһуччу үөрүү» диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта.
• 1931—1942 сылларга Эрилик Эристиин айар үлэтигэр өрө көтөҕүллүү кэмэ этэ. «Бассабыык Тиихээн», «Тулаайах Уйбаанчык» бэйиэмэлэргэ кини революционер-бассабыык дьылђатын көрдөрбүтэ. «Революция уолаттара», «Аймалђан» сэһэннэр атын омук — Казахстан, Бурятия — национальнай дьоруойдарын олохторуттан суруллубуттара.
• Суруйааччы 1942 сыллаахха, хараҕынан көрбөт буолар, бу кэмҥэ «Маарыкчаан ыччаттара» арамаанын бүтэрэр. Бу арамаан кэнники сахалыы, нууччалыы хаста даҕаны бэчээттэммитэ.
Саха Сирин Суруйааччыларын Сойууһа уонна Эрилик Эристиин аатынан сопхуос сыл аайы тыа сирин олођун туһунан суруллубут бастың уус-уран айымньыга бэриллэр литературнай бириэмийэни олохтообуттара. Эрилик Эристиин төрөөбүт сиригэр Чурапчы улууһун Чакырыгар киниэхэ аналлаах түмэл дьиэ аһыллыбыта.
Ещё видео!