[ Ссылка ]
[ Ссылка ]
“Уус-ураннык хоһуйуу ньымаларын сатаан тутуннахха эрэ, үчүгэй тыллаах-сөтөөх, тыыппалаах айымньы тахсар. «Саҥа суруйар эдэр дьоннорго биһиги этиэх тустаахпыт: литература, поэзия диэн – киһи талаанын, билиитин, күүһүн-кыаҕын олоччу биэрдэҕинэ эрэ туох эмэ тахсар дьыалата диэн. Суруйуу, айар үлэ киэнин аҥардас үтүө аатын, үрдүк өҥөтүн-манньатын, авторга туһалаах өттүн эрэ хаһан да кэлтэй сонордонуо суохтаах.
... Умсулҕаннаах уус тыл, поэзия сибэккитэ, көмүһэ, алмааһа ыһылла сыппаттар... Эрэйэ-сылаата суох, хонууттан хомуллар поэзия “сибэккитэ” – эрбэһин, көмүһэ – ньаалбаан, алмааһа – чох. Онон эрбэһини, ньаалбааны, көмөрү көрдөөччүлэр литератураҕа саантыы, чугаһыы да сорумматтара ордук. Оннуктар умнуллар, тумнуллар дьылҕалаахтар», – диэн суруйбуттааҕа Күннүк Уурастыырап. “Саха этигэн тыла” саайт ютуб-ханаалын бу биэриититтэн саха суруйааччыларын чулуу айымньыларыттан холобурдаан, хоһуйар ньымалары салгыы билиэххит. Балыксыт туттар тэрилин аналын, сахалыы ааттарын үөрэтиххит. Оттон тыл оонньуутуттан сиэргэ-туомҥа, итэҕэлгэ сыһыаннаах тыллар суолталарын анаардыбыт. Биэрии түмүгэр чопчу сорудаҕын ылыаххыт, ол ийэ тылбытын дириҥэтэн үөрэтэргэ, айар үлэҕэ уһуйулларга көмөлөөх буолуоҕа.Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ!
Ещё видео!