[ Ссылка ]
Саха былыр иһитин туойтан, туостан, мастан оҥорор эбит. Холобур, туойтан оҥоһуллар күөс иһит туһунан бырайыак ааптара, тыл билимин хандьыдаата Ангелина Афанасьевна Кузьмина “Мас тоҕо үүнэрий?” диэн оҕолорго аналлаах кинигэтигэр бу курдук суруйар: «Хас тохтобулларын аайы күөстэнэн аһыыллара. Онон бу тыл суол кээмэйин бэлиэтииргэ эмиэ туттуллара. Ол курдук күөс быстыҥа диэн баар (күөскэ эт буһар кэмэ, быһа холоон биир чаас). Маннык иһити оҥорорго маҥнай эргэ күөс иһитин чохоччунан саайталаан алдьаталлар эбит. Онтон уокка сытыаран ититэн баран, ууга быраҕаллара. Оччоҕо сыата-арыыта тахсара. Ууга бырахтахха түргэнник үлтүрүйэн, бороһуок буолан хаалара. Онтон туойу кытта булкуйаллара. Ол кэннэ дьэ иһиттэрин оҥорон таһаараллара. Илиилэригэр тааһы тутан түгэҕин оҥороллоро, сылгы баттаҕынан курдууллара. Мөлтөх уокка туруоран хатараллара. Бөҕө буоллун диэн үүтүнэн эбэтэр суоратынан сотоллоро. Үүт оргутар иһит, күөс буһарар, кымыс кутар диэннэргэ арахсаллара. Өссө хайаҕастардаах уонна хомпуор тутаахтаах иһиккэ чоҕу ууран, чэйдэрин сылыталлар эбит”.
Хатыҥ туоһуттан оҥоһуллубут иһит туттарга табыгастаах эрэ буолбакка, харыстыыр-араҥаччылыыр ураты суолталааҕа. Былыр-былыргыттан олус ытыктыыр маспыт. Дойду иччитэ Аан Алахчын баай хатыҥҥа олорор. Куһаҕан дьайтан, аллараа дойду адьарайдарыттан харыстыыр аналлаах. Онон итэҕэлгэ эмиэ күүскэ дьайбыт. Холобур, уоспа кэмигэр оһохторун хатыҥынан эрэ оттоллоро. Оттон иччилээх дьиэҕэ хонор буоллахтарына, дьиэ муннуктарыгар хатыҥ хардаҕастарын уураллара.
Туоһу хастыахтарын иннинэ Дойду иччититтэн, Аан Алахчынтан, хом санаабатын курдук көрдөһөн алгыыллара, туох малы оҥороору, иһити тигээри гыммыттарын ойуулууллара. Көтөргө-сүүрэргэ анаан лабааларыгар сылгы быарын уонна тыҥатын ыйыыллара, аал уоту оттон сөһүргэстээн олорон, кыл, сыа-арыы биэрэн аһаталлара. XIX үйэҕэ диэри ыал туттарын эрэ хастыыр буолан дьахтар үлэтэ эбит.
Биэриигэ саха ыала туоһунан иһити тигии түҥ былыргыттан тиийэн кэлбит ньымаларыгар үөрэниэххит, туос иһиттэр ааттарын билиэххит.
Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ! Сигэтэ: [ Ссылка ]
Ещё видео!